Презентация о проведении праздника Букваря по произведению А. Е. Кулаковского "Наступление лета"
- Рубрика: Презентации / Другие презентации
- Просмотров: 102
Презентация "Презентация о проведении праздника Букваря по произведению А. Е. Кулаковского "Наступление лета"" онлайн бесплатно на сайте электронных школьных учебников edulib.ru
"Букубаары бүтэрдим – ааҕыы аанын арыйдым!"
Ааптар: Егорова Анна Михайловна Мэҥэ – Хаҥалас улууһун В.Н. Оконешников аатын сүгэр Павловскай орто оскуолатын алын сүһүөҕүн учуутала.
Үлэ сыала
- үөрэнээччигэ ааҕар буолбут таһымын бэлиэтэтиир кылаас чааһын тэрийии. А.Е. Кулаковскай – Өскөкүлээх Өлөксөй "Сайын кэлиитэ" айымньытын биллэрии. Төрөөбүт тылга болҕомтону иитии. Доргуччу ааҕар ньыманы, дьон иннигэр айымньыны толорор сатабылы сайыннарыы.
Соруктар
1)А.Е. Кулаковскай – Өскөкүлээх Өлөксөй "Сайын кэлиитэ" айымньытыттан "Ыһыах" хоһоонунан сахалыы алпабыыт буукубаларынан сааһылаан монтаж сценарийын таҥан оҥоруу.(эпп:Егорова А.М)
2) Төрөппүт оҕотун кытта эрдэттэн дьиэ кэргэн букубаарын оҥорор барылын төрөппүт мунньаҕар билиһиннэрии. Уруок аайы дьиэҕэ сорудах биэрэн толотторуу. (эпп: Егорова А.М, Егорова Л.Л) Сорудах киэбэ сыһыарыыга баар.
3) Үҥкүү дьарыгар оһуор үҥкүүтүн туруоран үөрэтии - флешмоб. Эрэкэ – дьэрэкэ үҥкүүнү туруоруу ( эпп: Павлова С.Ф )
4)Ийэлэри кыттаа сахалыы алпабыыты кыбытык ньыматынан панно тигии. Хас биирдии ийэ биир букубаны трафаретынан түһэрэн мулине сабынан вышивкалыыр. Паннону күрүөлээн холбуур Необутова А.П – норуот маастара.
5) Алгысчыт – Оконешников Н.Н (эһэбит) А.Е. Кулаковскай "Оттоку олук алгыһа"айымньынан бэлэмнэнэр.
6) Көр – нар, ыһыах оонньууларын түһүлгэлэринэн тэрийэн ыыталлар: таабырыннар – Егорова Л.Л, өс хоһооннору ситэрии – Егорова А.М, мас тардыһыыта – Колосов И.В (масрестлинг инструктора), үс төгүл үс - 1"а" кылаас аҕалара, ойбонтон уулааһын – 1 "б" кылаас аҕалара.
7) Хомуһунан дьарыктаныы, ыраастаныы, тылы эрчийии. (күн аайы)
Туттар тэриллэр:
төрөппүттэр оҕолорун кытта бииргэ оҥорбут букубаардарын быыстапката (ыһыах темалаах),
сахалыы алпабыыт - кыбытык ньыматынан тигиллибит саахымат панно,
А.Е. Кулаковскай мэтириэтэ,
оҕолор төбөлөрүгэр кэтэр буукубалар.
Кыттааччылар
1 - кы «а» уонна «б» кылаас үөрэнээччилэрэ, төрөппүттэр,
Оскуола администрацията
Олохтоох медиатека үлэһиттэрэ Колосова Н.И, Сазонова М.И,
Оскуола библиотекардара Бочкарева Г.В, Дьячковская А.И,
Кылаас салайааччылара Егорова А.М, Егорова Л.Л,
Уруогу таһынан дьарыктыыр педагогтар Павлова С.Ф (үҥкүү) уонна оскуола ТВ студията – Колосова Ю.Е, масрестлинг инструктора – Колосов И.В .
Киэргэтии: "Букубаары бүтэрдим – ааҕыы аанын арыйдым!" суругу актовай саалаҕа иилии, паннонан киэргэтии – эпп.төрөппүттэр: Флегонтова А.А, Оконешникова М.Д.
Ветеран учууталлар.
Сыһыарыыта
1. А (о, ы, у) буукубалаах ыһыахха, сахалыы төрүт дьарыкка сыһыаннаах тыллары суруй.
___________________________________________________________________
___________________________________________________________________
2. Бу тыллары уруһуйдааҥ, өҥнөөҥ – дьүһүннээҥ.
3. А (о, у, ы) буукубалаах тыллардаах тыл оонньуутун (таабырын, шарада, кроссворд, ) толкуйдаан оноруҥ.
4. Хас тыл аайы А буукубалаах этиитэ эбэтэр кылгас кэпсээннэ суруйан холонуҥ.
_____________________________________________________________________
Түмүк
Үөрэнээччигэ ааҕар буолбут таһымын бэлиэтэтиир, үөрэр эйгэни тэрийдибит.
А.Е. Кулаковскай – Өскөкүлээх Өлөксөй "Сайын кэлиитэ" айымньытын биллэрибит. Литерэтииринэй тылынан – өһүнэн дьиэ кэргэни байыттыбыт.
Төрөөбүт тылга болҕомтону иитибит.
Доргуччу ааҕар ньыманы, дьон иннигэр айымньыны толорор сатабылы сайыннардыбыт.
Биир ситимҥэ иитэр эйгэ иитээччилэрин түмтүбүт.
Төрүт култуура дьарыктарын (Ыһыах, иис, оонньуу) билиини кэҥэттибит.